Куех экран иннигэр олорон а5ам кэпсээнин видео-запиьын кере олоробун уонна харахпар о5о сааьым, эдэр сылдьыбыт кэмнэрим уонна тереппуттэрим олохторо кестен кэлэр бу баардыы. Дьонум бу баар, тыыннаах курдуктар аттыбар. А5ам - сэрии инбэлиитэ, ветеран Егор Иванович Соболев. Ийэм - тыл ветерана Ирина Ивановна Соболева. А5ам хайаан арыллан барытын сиьилии бу интервьюга кэпсээбитин соьуйа истэбин. То5о? То5о диэтэр хаьан да5аны сэрии туьунан кэпсиирин себулээбэт этэ...
Кыракый о5о сылдьан а5абынаан утуйарбын наьаа себулуур этим. А5ам барахсан тонмут атахтарбын бэйэтин ата5ын сылааьыгар сылыта сатыыра. Ол утуйаары сылдьан керер этим илиитигэр, атахтарыгар, кехсутугэр улахан ба5айы оьол суолларын, шрамнарын. Дьэ ону мин бу тугуй, хаьан, ханна диэн туоьулаьа сатыырым да эппиэт суо5а. Ол да буоллар арыычча улаатан истэ5им аайы ону-маны ыйыталаьа сатаатахпына, бэрт кылгастык онон-манан эппиэттээн хоруйдуура. Угустук утуйа сытан дэлби баттатара. Арааьа, туулугэр сэриилэьэр этэ. Ол баттатарыттан элбэхтик соьуйан уьуктубуппун ейдуубун.
Орто кылааска уерэнэ сылдьан нуучча тылын уруогар сэрии тематыгар сочинение суруйуохтаах этим. Онно дьэ а5ам кэпсээбитин суруйан “5” сыана ылбытым уонна учууталым Светалана Иннокентьевна Мордосова ол сочинениебын оскуолатаа5ы музейга туттарбыта. Сочинениебар а5ам сэриигэ бутэьик ранениетын туьунан уонна кыракый немец о5олоро ыарыылаабыттарын туьунан кэпсээбитин суруйбутум. 2005 сыллаахха “Эхо столицы” хаьыакка бу тубэлтэ туьунан суруналыыс Ирина Мартынова суруйбуттаах.
1945 сыллаахха Германия5а а5ам улаханнык оьолломмутун кэннэ кинини дэриэбинэ5э салаасканнан соьон киллэрэн табаарыстара биир дьиэ5э хаалларбыттар. Ыарытыйа сытта5ына, арай кыракый немец о5олоро, тэн саастаах кыыстаах уол аантан енейен туралларын керен уу кердеебутун о5олор барахсаттар сатаан ейдеебетехтер. Онтон арай барыанньа баанкалара уеьэ долбуурга туралларын керен хара5ынан ыйбытыгар о5олор эбээлэрин ынырбыттар уонна ити кэмтэн ыла ыарыылаан барбыттар оьоллонон сытар саллааты. Бу сытта5ына арай биирдэ немец саллаата киирбит. а5ам суор5анын арыйа баттаабыт уонна туох да саа сэбиргэлэ суох, ыалдьан кыа5а суох киьини “монгол” диэн баран тахсан барбыт.
А5ам о5онньор хойукка диэри ол о5олору булан махтаммыт киьи диэхтиирэ.
Ити курдук келуенэттэн келуенэ5э мин а5ам курдук уоттаах сэриигэ сылдьыбыт, хааннарын тохпут ытык дьоммут ахтыылара умнуллубакка кэпсэниллиэхтээх. О5олорбут, сиэттэрбит билиэх тустаахтар уонна ейдуех, холобур оностуох тустаахтар. Ол бугун биьигиттэн, бэтэрээннэрбит ахтыыларын бэйэлэриттэн истибит, сал5ааччыларыттан тутулуктаах.
А5ам Егор Иванович эдэркээн 19 саастаах уол сэриигэ 1941 сыллаахха ынырыллан уот сэриигэ биьиги Хатаспытыттан са5аланыа5ыттан бутуер диэри сэриилэспит буойуннарыттан биирдэстэрэ буолар .Кини Курскай Дуга, Украина, Польша, Германия уоттаах кыргыьыыларыгар туертэ ыараханнык оьоллонон 1945 сыл куьунугэр дойдутугар эргиллибитэ. Сэрии инбэлиитэ, терут Хатаьын сиригэр теннен кэлэн эйэлээх оло5у са5алаан Дьокуускайдаа5ы суот-ахсаан техникумугар, Ленингардка уерэнэн уп-харчы министерствотыгар 15 сыл ревизордаабыта. 1966 сыллаахха ийэбин, 3 о5олоох огдообо дьахтары Ирина Ивановнаны ойох ылан а5а дьолун билбитэ. Мин 45 саастаах киьиэхэ хойукку о5о буолан тереен, ийэм-а5ам сылаас тапталларыгар улааппытым. А5ам ыал буолан баран Хатаьыгар тахсан совхозка ер сылларга экономиьынан улэлээбитэ. РФ финансовай сулууспатын туйгунун знактаа5а. Бырааппынаан Вовалыын улаатан истэхпит аайы сиэн керен баран, о5олорум дьон буолалларын керен баран елбут киьи диэхтиирэ. Хата ол ыра санаата туолан,, ону ааьан хос эьээ дьолун билэн бу сиртэн барбыта. О5онньор туйахпын хатаран финансист хайа5ыт да буолбата диирэ да, иккис кыыьым Настя эьээтин туйа5ын хатаран экономист идэтин баьылаабыта. Елуен иннинэ еттугун тоьутан операциялана сытан да бэйэтин госпитальга сытра курдук сананан, барахсан быраастары “сестричка” диэн ынырара кулгаахпар бу баар. Ити барыта сэрии ыар суола ейугэр-санаатыгар хаалан хаалбыта буолла5аа...
Аймах-билэ киьибит Илья Андреевич Керегяев хайабытынаа5ар да5аны а5ам туьунан элбэ5и билэр. То5о диэтэр бииргэ бултуу-балыктыы сылдьан а5ам киниэхэ арай арыллан кэпсиир эбит билигин санаатахха. Кэпсээннэригэр оло5уран Илья Андреевич а5ам сэриилэспит сирдэринэн карта онорбута. Бу картаны Хатас олохтоо5о Владимир Ефремов быйыл Кыайыы 75 сылыгар анаан а5ам мэтириэтин кытары хартыына5а уруьуйдаабыта олус кэрэхсэбиллээх уонна сатаммыт. Мин бэйэм а5ам туьунан тугу ейдуурбун о5олорбор кэпсиибин мэлдьи. Онно оло5уран улахан кыыьым Лена, билигин Олонхо тыйаатырын артыыската, СР культуратын туйгуна, РФ театральнай деятелларын Союьун чилиэнэ, бэйэтин дьарыктыыр театральнай студиятын о5олоругар былырыын испиктээкил туруорбута. Бу иниики келуенэлэрбитигэр, о5олорбутугар итии улэтин биир хайысхата буолара биллэр.
Улуу Кыайыы 75 сыла - кыайыыны уьансыбыттарга, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии тулаайахтарыгар, огдооболоругар сункэн суолталаах бэлиэ сыл. Бу уеруулээх ытык бырааьынньькпыт! А5а дойду Улуу сэриитэ биьиэхэ номнуо норуоппут, дойдубут историята. Ыам ыйын 9 кунэ - барыбытыгар да5аны кыайыы, дойдуга бэриниилээх быЬыы, киэн тутгуу сиэрин бигэргэтэр. Теьелеех да бириэмэ аастар буойуннар ааттара умнуллуо суо5а, норуот ейуттэн бу сэрии быдан дьылларга суппэтэ буолуо.